Jump to content

Киириитэ

From translatewiki.net
This page is a translated version of the page Translating:Intro and the translation is 56% complete.
Outdated translations are marked like this.

Киириитэ

Манна, translatewiki.net бырайыакка, куруук араас аһаҕас куодтаах бырайыактары уонна көҥүл тарҕанар тиэкистэри араас тылларга тылбаастааһыны чэпчэтэ сатыыбыт. Биһиги икки соругу ситиһэ сатыыбыт.

Биһиги сүрүн сорукпут - элбэҕи аҕыйаҕынан ситиһии. Хамсааһын түргэтиирин уонна тупсарын хааччыйаары бырагыраамма оҥоруутун кытта ыкса ситимнээхпит. Ону тэҥэ тылбаастааһыны олоххо аптамаат көмөтүнэн киллэриини оҥорууну ситиһэр үнүстүрүмүөннэри оҥоробут. Бу барыта биирдиилээн тылбаасчыттарга атыҥҥа аралдьыйбакка үчүгэй тылбааска эрэ болҕомтолорун ууралларыгар көмөлөһөр

Иккис сорукпут - бииргэ үлэлээһин, бэйэ бэйэҕэ көмөлөсүһүү. Тиһилик барыта биикигэ олоҕурар. MediaWiki — бэйэ-бэйэлэрин кытта алтыһар дьоннор уонна тэрилтэлэр элбэхтик туттар движоктара. Биһиги тылбаасчыттары бырайыактан уонна тылы биллииттэн тутулуга суох бэйэ-бэйэлэригэр көмөлөсүһэллэригэр ыҥырабыт уонна оҥорон таһаарааччылары, тылбаасчыттары ситимнииллэригэр баҕарабыт.

Эн программер буоларын наадата суох. Өскө биикини кытта алтыспыт буоллаххына түргэнник translatewiki.net саайты баһылыаҥ. Тылы үчүгэйдик билэриҥ эрэйиллэр, браузер наада уонна "аһаҕас мэйиилээх" буолуохтааххын.

translatewiki.net бырайыак флагмана – MediaWiki – билигин 250-тан тахса тылынан үлэлиир. translatewiki.net ый аайы 100-тэн тахсалыы тылга саҥардыыны киллэрэр.